Элбэх ахсаан халыыбын туттуу

31 №. Элбэх ахсаан сы´ыарыыта кэрчик аайы туох дэгэттээх туттулларын бы´аары².

Бол±ойу²! -лар сы´ыарыы элбэх буолары к³рд³р³р к³н³ суолтатын та´ынан, дьон б³л³±µн тµмэн, хомуйан бэлиэтииргэ туттуллар. Маннык халыып уус-уран, публицистика, дьыала истиилигэр к³ст³р.

 

I. Уус-уран айымньыга: 1. Ол курдук, Макаардар, Хабыччалар мунньахтан мунньахха сырыттылар. 2. Молоохтор быыкаайык тыылара тумсуттан иирэ±э баайыллан турар. 3. Онтон о±ус улам-улам дугунар буолан истэ, Лэглээриннэр харахтара сырдаан истэ. 4. Би´иги нэ´илиэкпит µксэ Поповтар. 5. Мин куруутун икки эрээтинэн стройдаабыт дьоннор кэккэлэрин к³р³бµн: бииригэр µчµгэй дьон – би´ирэбиллээх геройдар: Корчагиннар, Давыдовтар, Нагульновтар, икки´игэр ку´а±ан дьон – омсолоох геройдар: Половецкайдар, Литьевскэйдэр.

II. Публицистика±а: 1. Таатталар инникигэ эрэллээхтэр дуо? 2. Мэ²элэри тохсунньу кынчарыйда. 3. Буруйдаахтары норуот дьµµлµгэр та´аарыахха. 4. Басты²нары Россия конкурсугар к³рµ³хпµт. 5. Тымныы дьиэлээхтэр эрэйдэрэ. 6. Көрдөөхтөр уонна булугас өйдөөхтөр кулууптара. 7. Киирбит µп халаан уутуттан эмсэ±элээбиттэргэ барыа±а.

III. Дьыала тылыгар: 1. Депутаттар быыбардааччылар холбо´уктара киллэрбит этиилэрин пууннарынан арааран куоластаатылар. 2. Олохтоох табаары о²орооччулар бородууксуйаларын, табаардарын уонна ³²³л³рµн бэрээдэктээ´ин ту´унан. 3. Ха´аайыстыбаннай уопсастыбалар уонна табаарыстыбалар салайар уорганнарыгар СР бэрэстэбиитэллэрин таларга хандьыдааттары, олор боломуочуйаларын толорор бэрээдэктэрин бы´аарыы. 4. Сонуннары киэ²ник тар±атар средстволарга бэриллэллэр. 5. Интэриэстээх министерстволары, ведомстволары уо.д.а. тэрилтэлэри уонна биирдиилээн дьону кытта бииргэ ыытар семинардарын, сµбэ мунньахтарын уо.д.а. мероприятиеларын ыытыы киирэр.

 

32 №. -лар сы´ыарыылаах элбэх ахсаан халыыба наука истиилигэр туох суолталаа±ын ³йд³³н к³рµ². Сµрµн истиилгэ к³´³рµ².

Бол±ойу²! Наука истиилигэр элбэх ахсаан халыыба тыл оло±ор эбиллэн тиэрмин суолталаах туттуллар.

 

Тыл оло±о+лар: 1. Электричествоны ууга суураллымтыа туустар, солохтор уонна а´ыыбалар а´араллар. 2. Сэлээппэлээх тэллэйдэртэн ураты тµµнµк тэллэйдэрэ бааллар. 3. Сэбирдэххэ маарынныыр араас ³²н³³х сэбирдэхти²и лабыкталар киэ²ник тар±аммыттар.

Тыл оло±о+лаах+лар: 1. Кириэстии сибэккилээхтэр сэбирдэхтэрэ умнаска уочаратынан олороллор. 2. К³н³ кынаттаахтар икки б³л³хх³: у´ун уонна кылгас бытыктаахтарга арахсаллар. 3. Бµтэй туйахтаахтар кэргэттэригэр ханнык кыыллар киирэллэрин ааттаталаа.

Тыл оло±о+ты²ы+лар: 1. Бэдэр – куоскаты²ылар этэрээттэрин саамай сиэмэх бэрэстэбиитэлэ. 2. Бурдукту²улар астара – туораах. 3. Аан дойдуга оо±уйду²улар 3485 ты´ыынча к³рµ²нэрэ баар.

Тыл оло±о+ааччы+лар: 1. 150-200 м³л. сыллаа±ыта Саха сиригэр сыыллааччылар былыргы µйэтээ±и сорох к³рµ²нэрэ µ³скээн сылдьыбыт. 2. Таба±ы боруобалааччылар ол кµнтэн са±алаан «никотиновай зависимоска» киириэхтэрин с³п. 3. О±уруот а´ынан дьарыктанааччыларга ту´алаах сµбэлэр.

 

33 №. Наада сиригэр биир ахсаан халыыбын туттан аа±ы².

Бол±ойу²! Били²²и саха тылыгар -лар сы´ыарыыны истиил суолтата суох, тµбэ´иэх туттуу µгµс. Ол т³рµ³тэ нуучча тылын ахсаа²²а ситимин µтµктµµ буолар. Саха тыла нуучча тылыттан элбэх ахсаан халыыбын «о±ор±оон» туттубат уратылаах. Ол оннугар биир ахсаан халыыбынан элбэ±и к³рд³р³р ньыма араа´а элбэх.

 

Ахсаан аат: 1. 40-тан тахса араас общественнай тµмсµµлэр бааллар. 2. Аныгы дьон 2-3-тµµ µрдµк µ³рэхтээхтэр. 3. Ыраах Дьаа²ы улуу´угар алтынньы 5-10 кµннэригэр ыччат нэдиэлэтэ ыытыллар. 4. Сир шарыгар 80 дойдуга 110 национальнай Кииннэр µлэлииллэр. 5. «Алмаасэргиэнбаан» филиаллара 22 улууска µлэлииллэр. 6. Тапталлаах э´элэрин, 6 кыргыттара, 5 кµтµ³ттэрэ, 14 сиэннэрэ итиитик э±эрдэлииллэр.

Паараласпыт аат тыл: 1. ¥³ннэр-к³йµµрдэр мусталларын суох о²орор µлэ са±аланна. 2. Нэдиэлэни бы´а хаайтарбыт дьон ки²нэрэ-наардара алдьанар. 3. ¥гµс элбэх сэ´эннэрдээх-сэппэннэрдээх ки´и. 4. Редакция±а кµн ахсын суруктар-бичиктэр б³±³ киирэ тураллар.

Предмет биир буолбата±ын ыйар тыл: 1. Итинэн сибээстээн араас санаалар киирдилэр. 2. Президент Путин телевизорга к³рд³хх³ араас к³рсµ´µµлэргэ чэйинэн эрэ му²урданар. 3. Кини элбэх бириэмийэлэр, на±араадалар ха´аайыннара буолар. 4. Суруйааччылар айымньыларыгар араас µ´µйээннэри, остуоруйалары киллэрэллэр. 5. Кµн Дь³´³г³й Айыы ту´унан араас ³рµттээх билиилэри тµмэн анал кинигэни та´аардыбыт.

Хомуур ³йд³бµл: 1. Муниципальнай автобустар ку´а±аннык сылдьаллар. 2. Саас кустар кэллэхтэринэ сµгµн µ³рэммэт этибит. 3. Кµ´µн буолан от-мас сэбирдэхтэрэ са´арбыт кэмэ этэ. 4. Саха кылаастарын элбэтэр сорук турар. 5. Кинигэлэр дьоннор курдук араастар. 6. Бэйдиэ сылдьар ыттары суох о²орор ту´унан дьа´ал ылылынна.

Тиэрмин суолталаах тыл: 1. Балыктар уу үрдүгэр тахсан, салгыны айахтарынан э±ирийэн ылаллар. 2. Би´иги долгуннарбытыгар Далаана «Мин дойдум» диэн ырыатынан ыалдьыттыыр. 3. Синтетическэй витаминнары ту´анар наадалаах. 4. Билигин гепатит биллэр-биллибэт вирустара олус элбэхтэр. 5. Проблемаларбытын µксµгэр бэйэбит толкуйдаан та´аарар µгэстээхпит.

Айыл±а к³стµµтэ: 1. £р кэм²э курааннар турбуттара, а´ы²а буулаабыта, ха´ы²нар эрдэ тµспµттэрэ. 2. £л³³н улуу´угар улахан ардахтар тµ´эллэрэ кµµтµллэр. 3. Быйыл Россия µрдµнэн улахан тымныылар тµстµлэр. 4. Ар±аа улуустарга кµµстээх тыаллар тµ´µ³хтэрэ. 5. Саас то²оруулар буоланнар, быйыл сир а´а кыайан µµммэтэ. 6. Ыас хара былыттар ар±аа диэкиттэн халыйан та±ыстылар.

Куруук биир ахсаа²²а турар тыл: 1. ¥гµс дьоннор тµµллэрин аахайбакка эрэ умнан кэби´эллэр. 2. Ыччаттарга анаан туох тэрээ´иннээххитий? 3. Данил кулгаахтара кытта умайда. Дьахтар кыыспыт иэдэстэрин к³р³н ылаат, умса к³рд³. 4. Кыахтаргытын толору ту´аны².

Биир уустаах чилиэн: 1. Медицинскэй уонна психологическай наукалар доктордарын… 2. Нуучча уонна саха литератураларын тэ²нии тутан µ³рэтии. 3. Сахаайа уонна Александр Бурнашёвтар айар киэ´элэрэ буолан ааста. 4. «Кудук» кинигэ кы´ата республика µгµс куораттарыгар уонна улуустарыгар кинигэ атыылыыр ма±а´ыыннардаах.

 

34 №. Тиэкис тылын-³´µн чочуйу². Элбэх ахсаан сы´ыарыытын к³±µрэти².

 

1. Би´иги учуонайдарбыт алкоголь ки´и организмыгар дьайыытын молекулярнай механизмнарын, Хоту сир усулуобуйатыгар арыгыга ылларыы µ³скээ´инин генетическэй уонна экологическай уратыларын чинчийбиттэрэ 20 тахса сыл буолла. 2. Кинилэр ылбыт тµмµктэрин аан дойдуга бµтµннµµтµгэр билиннилэр, эмчиттэр, ол и´игэр наркологтар уонна µгµс дойдулар арыгы о²орор промышленностарын специалистара µлэлэригэр ту´аналлар.

3. Быстахтык ыллахха, ки´и организмыгар этиловай испиир бэйэтэ буолбакка, ол ки´и организмыгар киирэн аты²²а кубулуйар бородуукталара буортулаахтарын бы´аарбыттара. 4. Ол и´ин ол бородуукталар т³´³н³н тµргэнник µ³скµµллэр уонна т³´³н³н бытааннык атын бородуукталарга кубулуйаллар да, соччонон алкоголь ки´и организмын сµ´µрдэр кµµ´э улаатар, арыгыга ылларыы тµргэтиир. 5. Оттон алкоголизм диэн ки´и арыгыттан тутулуктаныыта буолар. 6. Ити уларыйыылар т³´³ тµргэнник баралларын ту´ааннаах ферменнэринэн бы´аараллар, олор формалара генетическэйдик бэриллэр. 7. Планета хоту ³ттµн µгµс олохтоохторун µгµстэрин организмыгар испиири тµргэнник а´ытар, ол оннугар испиир сµ´µрдэр бородуукталарын бытааннык аты²²а кубулутар ферменнэр формалара элбэх буолар. 8. Ол и´ин ити дьон организма алкоголь дьайыытын кыайан тулуйбат. 9. Онон арыгыны элбэхтик истэхтэринэ, соматическай алкогольнай ыарыыга ылларыылара, арыгы´ыт буолуулара элбиир.

9. Араас к³лµ³нэ дьо²²о арыгы дьайыытын кыайан тулуйбат геннэрэ тар±аныыларын тэ²нээн к³рµµ арыгы´ыт т³р³ппµттэрдээх уонна эбэлээх, э´элээх ыччаттар, Россия хоту ³ттµгэр олохтоох норуоттарга барыларыгар, арыгы´ыт буолар кутталлара улааппытын к³рд³р³р.

10. Итинник иэдээннээх бала´ыанньа µ³скээбитин к³нн³р³рг³ тугу о²оруохха, общество оло±ун чэбдигирдэргэ ханнык дьа´аллары ылыахха с³бµй? («Ч³л олох сиэрэ: тылтан – дьыала±а» доктрина. СР Вице Президенин А.К. Акимов «Якутия», «Саха сирэ» ха´ыакка интервьютуттан).